01.04.2018 4:33

Toyota хампаанньа RAV4 сана кeлyeнэтин киэн эйгэ5э кeрдeрдe

Toyota хампаанньа RAV4 сана кeлyeнэтин киэн эйгэ5э кeрдeрдe

Бу күннэргэ саҕаламмыт Нью-Йорктааҕы массыына быыстапкатыгар Toyota хампаанньа саҥа RAV4 аҕалла. Бу Америка Холбоһуктаах штаттарыгар Тойота саамай тарҕаммыт моделльарыттан биирдэстэрэ буолар. Урукку раафигы кытта тэҥнээтэххэ сана көлүөнэҕэ кэккэ уларыйыылар киирбиттэр.

Ол курдук тас быһыыта арыый модьу-та5а көрүҥнэммит. Угус өрүттэрэ сотурутааҕыта тахсыбыт көхтөөх сынньаланы атаарарга аналлаах FT-AC концепт-кар быһыытын хатылыыллар.

Аныгы RAV4 куузова TNGA диэн модульнай олукка тирэнэн турар. Киниттэн таһынан бу шассиига C-HR диэн кроссовер, Prius диэн гибрид уонна сана Camry эмиэ олоҕураллар.

Саҥа массыына тас кээмэйэ уруккуну кытта араа-бараа: уһуна 4595, кэтитэ 1854 уонна үрдугэ 1699 миллиметрга тэҥ. Онтон кузова 57% кытааппыт.

Тимир көлө тэбэр сүрэҕин туһунан кэпсиир буоллахха, 4 һилииндирдээх икки анар лиитирэ иэҥнээх бензин аһылыктаах мотуор олорор. Бу мотуору аҥардас бэйэтин эбэтэр электричество ситимнээх гибрид быһыытынан сакаастыахха сөп. Борустуой мотуорга 8 оскуорастаах аптамаат хоруопка, онтон гибридка кэрчигэ суох вариатор олордоллор.

Атыылаһааччы баҕатынан массыына эбэтэр илин көлөһөлөрө, эбэтэр бары төрдүөн эрийэр буолуохтарын сөп. Итиэннэ эбии Dynamic Torque Vectoring диэн комплексы сакаастыахха сөп. Итинник систиэмэ халтыраан суолга хас биирдии көлөһөнү хонтуруоллаан эрийэрин таһынан 4 муфта көмөтүнэн кэлин кардааны уонна приводтары босхо ыытан бензиин халтай умайыытын биллэ аччатар.

Онтон гибридка айан иһин AWD-i диэн систиэмэ эппиэттиир. Уруккуларга тэҥнээтэххэ кэлин көлөһөлөр икки ардыларыгар олорор электромотор күүһэ 30% үрдээбит.

Бары атыыга тахсар массыыналар Toyota Safety Sense диэнинэн хааччыллаллар. Онно аҕыс эчэйииттэн кемүскүүр сыттыгы таһьынан өйдөөх круиз-контроль, разметканы уонна суол бэлиэлэрин тутуһар систиэмэлэр киирэллэр.

Сана Toyota RAV4 Эмиэрикэҕэ 2018 сыл кыһыныттан биирдэ атыыга тахсара күүтүллэр. Онтон гибрид өссө хойут — 2019 сылга. Быһа холоон, эмиэ ол кэмҥэ Арассыыйа ырыынагар бастакы рафиктар кэлиэхтэрэ. Yгэс курдук биһиги тыйыс эйгэбитигэр бэлэмнэммит массыыналары Санкт-Петербургтааҕы собуот таҥан таһаарара сабаҕаланар.

Источник

Особенности получения военной лицензии Запчасти для иномарок VW выпускает электрический «хиппи-фургон» Звуковой сигнал для вашего автомобиля Тест-драйв Хюндай Соната: как правильно выбрать

Лента новостей